1.24M
Категория: ЛитератураЛитература
Похожие презентации:

И.И. Константинов-Дэлэгээт Уйбаан аатынан

1.

ТӨРӨӨБҮТ ЛИТЕРАТУРА УРУОГАР
ААЂЫЫНЫ КӨЂҮЛҮҮР НЬЫМАЛАРЫ ТУТТУУ.
Слепцова И.С.
И.И.Константинов-Дэлэгээт Уйбаан аатынан
Сулђаччы уопсай орто үөрэхтээһин оскуолатын
саха тылын, литературатын учуутала

2.

ААЂЫЫ АРААС КӨРҮҢҮН ТУҺАНЫЫ:
- учуутал аађыыта.
- сыныйан аађыы.
- хоһоонноохтук аађыы.
- быһаарыылаах аађыы
- быһаарсыылаах аађыы.
- сорудахтаах аађыы.
- бэлиэтэниилээх аађыы.
- дорђоонноохтук аађыы.
- бүттүүн аађыы.
-тэңңэ аађыы
тохтобуллаах аађыы.
- оруолунан аађыы.
- сыабынан аађыы.
- талан аађыы
- иһийэн аађыы.
- доргуччу аађыы.

3.

АЙЫМНЬЫНЫ ААЂЫЫГА ЫЫТЫЛЛАР ҮЛЭ КӨРҮҢНЭРЭ.
В.Зайцев ньыматынан аађыы. Уруок саҕаланыыта ханнык бађарар уус-уран айымньыны, тиэкиһи 5 мүнүүтэ устата ботугураан аађаллар.
Манна түргэнник аађар сатабыл сайдар;
Ыйга биирдэ мүнүүтэђэ аађыы. Түргэнник аађар сатабыл сайдар. Бытаанык аађар ођо атыттарга тардыһан, дьарыктанан аађыытын тэтимин
түргэтэтиэн, курдурђаччы аађыыга тардыһыан сөп;
Аахпыт айымньытын кэпсииргэ үөрэтии, аахпыты сиһилии, кылгатан, талан кэпсэттэрии;
Айан суруйар үөрүйэхтэргэ уһуйуу;
Аахпыт айымньыга бэйэ санаатын, сыанабылын этии;
Оонньуу-сорудахтары туһаныы;
Аахпыт тиэкискэ ыйытыы толкуйдааһын;
Айымньы ис хоһоонуган сөп түбэһэр ох тыллары, өс хоһооннору булуу;
Айымньыга сөптөөх иллюстрация көрүү, кэпсэтии;
Айымньы аађан баран кроссворд, викторина, тест, ребус,инсценировка оңоруу.
Өйгө, сүрэххэ баары уһугуннарыы. Өй уйулђатын үлэтэ, ођо ис туругун санаатын этэргэ дьулуһар;
Күлүүс тыл. Бэлиэтик этиллибит тыл ођођо туох эмит санааны, өйдөбүлү, иэйиини үөскэтэр;
Сонурђатыы. Ођо уйулђатын уһугуннарыы;
Өйгө оңорон көрүү. Ођо өйүгэр толкуйдаан, айан оңорон көрбүт иэйиитигэр куустарар;
Историческай быһаарыы. Аађыллар айымньыга сиһилэнэр история кэрдиис кэмин туһунан кэпсээһин, иһитиннэрии;
Суруйааччы олођо. Учуутал матырыйаал хасыһан, булан суруйааччы тус олођуттан сонуну иһитиннэриитэ;
Олох-дьаһах туһунан проблемнай ыйытык. Дьиң олоххо көстөр быһыыны-майгыны айымньыга сыһыары тутан проблемнай ыйытыы туруоруу;
Аађыыга көђүлүүр, уһугуннарар кэпсэтии. Ођођо чугас, кини ылынар эйгэтин туһунан кэпсэтии;
Айар сорудахтаах үлэ: тэттик кэпсээн, остуоруйа, хоһоон, үгэ, алгыс, чабырђах, таабырын, өс хоһооно айан суруйуу;
Суругунан үлэ: толкуй сурук, өйтөн суруйуу , айымньыны ситэрэн салгыы суруйуу, айымньы геройугар, ааптарыгар сурук суруйуу о.д.а.

4.

ТӨРӨӨБҮТ ЛИТЕРАТУРА УРУОГАР АЙЫМНЬЫНЫ ААЂЫЫГА
КӨЂҮЛҮҮР НЬЫМАЛАР
Гаврил Угаров «Баhырђас» кэпсээнэ
(аађыыга көђүлүүр, уһугуннарар кэпсэтии).
-Кимиэхэ ыттаађый?
-Ыт киhи дођоро диэххэ сөп дуо?
-Ханнык түгэңңэ ыт киһиэхэ дођор, абырал, көмө буолуон сөбүй?
Чүөчээски, Күкүр Уус, Куорат кыыһа.
(олох-дьаһах туһунан проблемнай ыйытык).
- Билиңңи олоххо ођо төрөппүтүн кытта сөпсөспөккө дьиэттэн барыыта баар дуо, тођо оннук түгэн тахсарый?
-Ођо ханнык түбэлтэђэ төрөппүтүн утары барыан сөбүй?
- Ођолор уонна төрөппүттэр өйдөспөт түбэлтэлэрэ эбэтэр мөккүөрдэрэ, эһиги санаађытыгар, сүрүннээн туох буоларый?
Н.Неустроев «Куһађан тыын»
( Күлүүс тыл-«уоруу»)
-Уоруу диэн тугуй?
-Дьон тођо уорарый?
- Уоруу дьол төрдө буолуон сөп дуо?
- Киһи дьолу хайдах булуон сөбүй?
Амма Аччыгыйа «Атађастабыл».
( Күлүүс тыллар-«атађастаныы, атађастабыл, сэнээһин»)
- Ођолоор, «атађастабыл» диэн эhиги санаађытыгар тугуй? Бу тылы иhиттэххитинэ туох санаа, өйдөбүл үөскүүрүй?

5.

А.Е.Кулаковскай «Өй-сүрэх икки мөккүөрэ» хоһооно
(өйгө, сүрэххэ баары уһугуннарыы).
-Өй уонна Сүрэх. Хайалара баһылыыр күүстээђий?
- Сүрэх бађата, санаа дьулуура киһи үрдүк аатын алдьатар эбэтэр үтүө аатын сырдатар дуу?
-Биирдэ бэриллэр олоххо бары үтүөнү-мөкүнү билэргэ киһиэхэ дьулуур наада дуо?
-Өйүнэн олорор киһи ордук дьоллоох буолуо дуу, сүрэђин этиитинэн салайтарар киһи дуу?
- Эһиги тугу ордук истэђит: Өйгүтүн дуу сүрэххитин дуу?
С.Данилов «От үрэххэ».
-Кырдьык диэн тугуй?
-Олоххо кырдьыгы кистиир, сымыйаны этэр түгэн баар дуо? Тођо?
Алампа «Олох оонньуура» драмата
-Дьол диэн тугуй?
-Дьоллоох олох диэн хайдађый?
-Баай-дьол дуо?
-Олох оонньуура диэн тугуй?
-Киһи олох оонньуура буолуон сөп дуо?

6.

Николай Якутскай «Көмүстээх үрүйэ»
(Сонурђатар ньыма)
- Бүгүн мин эһиэхэ кэһиилээх кэллим. Көмүс ађаллым. (ытарђа, биһилэх көрдөрүү).
- Тођо маны ађалан көрдөрбүтүм буолуой?
У. Нуолур«Саллаат ођото Чооруона»
- Үс муннуктаах сурук көрдөрүү.
- Былаат муннугар сууламмыт саахар, ас
Н.Заболоцкай «Мааппа»
Олус да кэрэ
Олох диэн, дьинэ!
Саас хаар ирэрэ,
Көтөр кэлэрэ,
Үрэх сүүрдэрэ,
Өрүс эстэрэ –
Олус да кэрэ!
- Тођо бу хоһоонунан уруокпутун сађалаабыппыт буолуой? Ол эбэтэр бүгүңңү уруокпут тиэмэтэ туохха
ананар эбитий?

7.

АА5ЫЫ УРУОГУН ТҮГЭННЭРЭ
English     Русский Правила