388.29K
Категория: ПедагогикаПедагогика

Эҕэрдэ сурук

1.

Якутская республиканская общественная организация
Объединение творческих инициатив
«АйАрт»
ЭҔЭРДЭ СУРУК
Күндү, мааны кыыспыт САРДААНА!
Эйигин “Күтүөккэ хомолто” диэн бастакы сэһэниҥ уонна
маҥнайгы кинигэҥ күн сирин көрбүтүнэн итиитик-истиҥник
эҕэрдэлиибит! Айар эйгэлээх, талааннаах киһиэхэ айымньылара
дьон-сэргэ ааҕыытыгар тахсаллара-бу улахан ситиһии буолар.
Аныгы саха литературата сайдарыгар, ону тэҥэ норуоппут ийэ
тылын илдьэ сылдьарыгар саҥалыы көрүүлээх, билиҥҥи олох
кырдьыгын сэгэтэн көрдөрөр эдэр ыччаттар
бааллара
хайҕаллаах суол.
Айар үлэ алыптаах, эмиэ да уустук хонуутугар бигэтик
хардыылаан, кэрэттэн кэрэни, уратыны, таайыллыбатаҕы,
суруллубатаҕы хоһуйар уран тыл маастара, устар ууну
сомоҕолуур сахалыы дьиҥ тыыннаах талааннаах суруйааччы буола
үүнэн тахсаргын ис сүрэхпититтэн баҕарабыт.
Олохтон сырдыгын сомсон ылар, чахчыны баарынан кэпсиир
сэмэй сэһэннэриҥ өссө да үксээтиннэр, дьоҕус кэпсээннэриҥ
элбээтиннэр, ааҕааччы биһирэбилин ыллыннар диэн алҕаан туран
үрдүк ситиһиини, иэйиини уонна дьолу түстүүбүт. Куруук үөрэкөтө, мичилийэ, чаҕылхай сулустуу тырымныы сырыт.
Эҕэрдэни кытта: «АйАрт» общественннай түмсүү
20.12.2022 с.
English     Русский Правила