1.36M

Н.В. Гоголь төрөөбүтэ 215 сыла (1809-1852)

1.

Н.В. Гоголь төрөөбүтэ
215 сыла
(1809-1852)

2.

Н.В. Гоголь төрөөбүтэ
215 сыла
Быйыл нуучча классик
суруйааччыта Николай
Васильевич Гоголь
төрөөбүтэ 215 сыла.
Кини прозаик,
драматург, кириитик,
публицист быһыытынан
биллэр. Кини «Тарас
Бульба», «Мертвые
души», «Ревизор»,
«Вечера на хуторе близ
Диканьки», «Вий»
курдук айымньыларын
дьон-сэргэ сэргээн ааҕар.

3.

Н.В. Гоголь төрөөбүтэ
215 сыла
Николай Васильевич
Гоголь 1809 сыллаахха
муус устар 1 күнүгэр
Полтавскай губерния
Сорочинцы диэн
сиригэр элбэх оҕолоох
Гоголь-Яновскай диэн
дворян дьиэ кэргэнигэр
үһүс оҕонон күн сирин
көрбүт. Бииргэ
төрөөбүттэр уон иккилэр
эбит. Оҕо сааһа
Диканьки бөһүөлэккэ
ааспыт.

4.

Н.В. Гоголь төрөөбүтэ
215 сыла
Сөбүлээн литературнай
куруһуокка сылдьара.
Илиинэн суруйан
сурунаал таһаараллара.
Гоголь элбэх хоһоон
суруйара.
Николай оҕо сааһыттан
култуура, тыйаатыр
эйгэтин сөбүлээн, элбэх
испэктээк туруоруутугар
кыттыбыта.

5.

Н.В. Гоголь төрөөбүтэ
215 сыла
Николай Васильевич
Гоголь «Вечера на хуторе
близ Диканьки» диэн
кинигэни таһаарбытын
кэннэ, суруйааччы
быһыытынан дьоҥҥосэргэҕэ биллэн барбыта.

6.

Н.В. Гоголь төрөөбүтэ
215 сыла
Биир чаҕылхай айымньыта
«Мертвые души» поэма. Бу
айымньыны суруйарыгар
Александр Сергеевич Пушкин
идея эппит, сүбэ-ама буолбут
диэн история кэрэһэлиир. Бу
айымньы 17 сылы быһа
суруллубут (1835-1852 сс.).
Поэмаҕа 1830-с сыллардааҕы
помещиктар олохтородьаһахтара, майгыларасигилилэрэ көстөр. Чичиков
өлбүт дьону тыыннаах курдук
суруттаран, «көһөртөөн», онно
харчы аахсан, байаары сокуону
кэһэр.
Дьон харчы, баай
туһугар хайдах быһыыланара
ойууланар.

7.

Н.В. Гоголь төрөөбүтэ
215 сыла
«Ревизор» комедиятыгар
Гоголь эмиэ дьон
улаатымсыйыытын,
харчы туһугар
хараҥаран, майгытасигилитэ уларыйарын,
дьон иҥсэлээх, ымсыы
кэмэлдьитин күлүү-элэк
гынан көрдөрөр. 1835
сыллаахха суруйбут,
онтон 1842 сыллаахха
эбии, уларытыы
киллэрбит диэн биллэр.

8.

Н.В. Гоголь төрөөбүтэ
215 сыла
Гоголь «Вий»
айымньытын 1833
сыллаахха суруйбут. Бу
айымньынан 1967
сыллаахха ССРС кэмигэр
биир бастакы ужас
жанрдаах киинэ
уһуллубута. Аньыылааххаралаах дьон дууһатын
абааһы баһылыыр, онтон
быыһанар суол малыыппа, Таҥараттан
көрдөһүү диэни көрдөрөр
айымньы.

9.

Н.В. Гоголь төрөөбүтэ
215 сыла
Бүгүҥҥү уруокка нуучча
улуу суруйааччыта,
литература
историятыгар бэйэтин
суолун-ииһин биллэрдик
хаалларбыт Николай
Васильевич Гоголь
туһунан кэпсэттибит.
Уруокка барбыппытын
чиҥэтэ таарыйа 5
ыйытыылаах тургутук
толоруохпут.

10.

ТУРГУТУК
1. Н.В. Гоголь хас
сыллаахха төрөөбүтэй?
А) 1809 с.
Б) 1909 с.
В) 1810 с.

11.

ТУРГУТУК
2. Гоголь хас бииргэ
төрөөбүттэрдээх этэй?
А) 7
Б) 10
В) 12

12.

ТУРГУТУК
3. Гоголь «Вий»
айымньытынан хас
сыллаахха киинэ
тахсыбытай?
А) 1835 с.
Б) 1941 с.
В) 1967 с.

13.

ТУРГУТУК
4. Николай Гоголь ханнык
айымньытынан
суруйааччы
быһыытынан дьоҥҥосэргэҕэ биллэр
буолбутай?
А) «Ревизор»
Б) «Вечера на хуторе близ
Диканьки»
В) «Мертвые души»

14.

ТУРГУТУК
5. «Мертвые души» поэма
хас сыл суруллубутай?
А) 5
Б) 12
В) 17
English     Русский Правила