1.09M

Үлэһит киһи үтүөтэ. Норуот поэта Савва Тарасов төрөөбүтэ 90 сыла

1.

Үлэһит киһи үтүөтэ.
Норуот поэта Савва Тарасов төрөөбүтэ
90 сыла
Дьоһуннааҕы кэпсэтии.
Муус устар 29 күнэ.

2.

Норуот поэта Савва Тарасов
төрөөбүтэ 90 сыла
Сахам сирэ дьоллоох тускуга
Саһарҕалыы ыҥыра ыллыыр.
Илинтэн арҕаа ол кустуга
Алмаас таас курдук сандаара сырдыыр.
Припев:
Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута
Модун Россия киэн туттуута,
Өркөн өрөгөй тойугун туойдун,
Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун!
Үллэр үөстээх Өлүөнэ Эбэ
Өлбөт мэҥэ угуттуур уулаах.
Элбэх омукка эрчим эбэр,
Или-эйэни олохтуур уохтаах.
Припев
Ааспыт кэммит айхаллаах суола
Арчылыыр аар алгыһын биэрдэ.
Сахабыт сирэ дьоһун, дуолан
Сайдыы аартыгар түөрэҕэ түстэ.

3.

Норуот поэта Савва Тарасов
төрөөбүтэ 90 сыла
Саха сирин гимнын тылларын саха
биллэр поэттара Савва Тарасов
уонна Михаил Тимофеев
суруйбуттара. Музыкатын Кирилл
Герасимов оҥорбута. Гимны 2004
сыллаахха от ыйын 15 күнүгэр
бигэргэппиттэрэ. Бу сыл муус устар
27 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр
аан маҥнай ылламмыта. Былааҕы
уонна гербэни сэргэ гимн Саха
Өрөспүүбүлүкэтин официальнай
бэлиэтэ (символа) буолар. Гимны
улахан суолталаах тэрээһин
саҕаланыытыгар атахтарыгар
туран истэллэр.

4.

Норуот поэта Савва Тарасов
төрөөбүтэ 90 сыла
Саха народнай поэта Савва
Иванович Тарасов 1934 сыллаахха
муус устар 25 күнүгэр Солоҕон
нэһилиэгэр Чычаас учаастагар
Оллоону диэн кыракый алааска
төрдүс оҕонон күн сирин көрбүт.
Поэт бастакы хоһооно «Улуу
Сталины үөрдүөм» диэн ааттанан
1949 сыллаахха, сэттис кылааска
үөрэнэ сырыттаҕына, «Үлэ күүһэ»
хаһыакка бэчээттэнэн тахсыбыт.

5.

Норуот поэта Савва Тарасов
төрөөбүтэ 90 сыла
Савва Иванович Тарасов хаһыакка
үлэтин эмиэ оскуолаҕа үөрэнэ
сылдьан, 1953 сылтан Горнай
оройуонун «Үлэ күүһэ» хаһыаттан
саҕалаабыт. Онтон «Эдэр
коммунист» хаһыат редакторынан,
«Хотугу сулус» сурунаал
редакторын солбуйааччытынан,
«Кыым» хаһыат култуураҕа
салаатын сэбиэдиссэйинэн, Саха
сирин суруйааччыларын Союһун
бырабылыанньатын
сэкиритээринэн талыллан үгүс
өрүттээх үлэни ыыппыт.

6.

Норуот поэта Савва Тарасов
төрөөбүтэ 90 сыла
1961 сыллаахха «Таптыыр сахам
тылынан» диэн бастакы кинигэтэ
бэчээттэнэн тахсыбыт. Бу
кинигэтин поэт ийэлээх аҕатын
сырдык кэриэстэригэр анаабыт.
Ону сэргэ Савва Иванович
Тарасов араас омуктар
айымньыларын сахалыы
саҥардыбыта.

7.

Норуот поэта Савва Тарасов
төрөөбүтэ 90 сыла
2011 сыл алтынньы 21 күнүгэр
Горнай улууһун баһылыга Петр
Николаевич Алексеев ыйааҕынан,
улуус мунньаҕын быһаарыытынан
Өрт орто оскуолатыгар Савва
Иванович Тарасов аата
иҥэриллибитэ.

8.

Норуот поэта Савва Тарасов
төрөөбүтэ 90 сыла.
ТУРГУТУК
1. Саха норуотун поэта Савва Тарасов
хас сылаахха төрөөбүтэй?
а) 1934 с.
б) 1944 с.
в) 1945 с.

9.

Норуот поэта Савва Тарасов
төрөөбүтэ 90 сыла.
ТУРГУТУК
2. Бастакы айымньыта хаһыс
кылааска үөрэнэ сырыттаҕына
бэчээттэммитэй?
а) 6 кылааска
б) 7 кылааска
в) 8 кылааска

10.

Норуот поэта Савва Тарасов
төрөөбүтэ 90 сыла.
ТУРГУТУК
3. Савва Тарасов «Таптыыр сахам
тылынан» диэн бастакы кинигэтэ
хас сыллаахха тахсыбытай?
а) 1957 с.
б) 1961 с.
в) 1965 с.

11.

Норуот поэта Савва Тарасов
төрөөбүтэ 90 сыла.
ТУРГУТУК
4. Өрт орто оскуолатыгар Савва
Иванович Тарасов аата хас
сыллаахха иҥэриллибитэй?
а) 2004 с.
б) 2009 с.
в) 2011 с.

12.

Норуот поэта Савва Тарасов
төрөөбүтэ 90 сыла.
ТУРГУТУК
5. Саха Өрөспүүбүлүкэтин гимнын
кимниин суруйбутай?
а) Софрон Даниловтыын
б) Д.К. Сивцев-Суорун Омоллооннуун
в) Михаил Тимофеевтыын
English     Русский Правила