12.87M
Категория: ЛитератураЛитература

Платон Алексеевич Ойуунускай олоҕо уонна олоӊхоҕо сыһыана

1.

Платон Алексеевич
Ойуунускай олоҕо уонна
олоӊхоҕо сыһыана.
Күн сирин күлүмнүүр түөһугэр
Күөх сирэм нүөгэйэр күөнүгэр
Мин тохтор тойугум чугдаарыа,
Мин тылым, дьэ, ордук сатарыа.
Платон Ойуунускай

2.

Платон Алексеевич Слепцов – Ойуунускай 1893 сыллаахха сэтинньи 10-с
күнүгэр Таатта оройуонун Дьохсо5он нэһилиэгэр элбэх оҕолоох (алта
уоллаах, түөрт кыыстаах) ыалга төрдүс оҕонон төрөөбүтэ.

3.

Ийэтэ, Евдокия Унарова,
үлэһит, эйэҕэс, өйдөөх
дьахтар этэ. Кини уолун,
Платону саха норуотун
фольклорун таптыырга
уһуйбута.

4.

Үөрэҕин ыарахан кэмин
туһунан Ойуунускай кэлин
«Оҕо куйуурдуу турара»
диэн кыракый кэпсээнигэр
маннык
суруйбута:
“Үөрэнэн
үрүҥ
күн
сырдыгын көрөргө бу үтэ
(ыһык
ас)
булаары
турабын, эбэккэм, өрүһүй,
үтэлээ!”. “Хамначчыт –
дьадаҥы буойуна буолаары,
хара – тыын былдьаһан,
оҕо куйуурдуу турара”.

5.

Кини маҥнайгы учууталлара Платону үөрэххэ олус
дьоҕурдаах, кыһамньылаах, олоххо тардыһыылаах
үөрэнээччинэн ааҕаллара.

6.

Платон араас ыарахаттары ааһан 1915 сыллаахха
Дьокуускай куораттааҕы учительскай семинарияҕа
киирбитэ. Онно туйгун үөрэҕин иһин 14 солкуобай хаһына
стипендиятын ылыаҕыттан киһилии олоробута.

7.

Ойуунускай
сыылкаҕа
кэлбит
нуучча
революционердарын
кистэлэҥ
куруһуоктарыгар киирэн элбэҕи билэн- көрөн
инникии сайдар тосхолун булбута, хомунньуус
партияҕа киирбитэ.

8.

Кини Саха сиригэр Сэбиэскэй былааһы
олохтооччулартан биирдэстэрэ. Суруйбут
айымньыларыгар Октябрьскай революция
кыайыытын айхаллаабыта. Дьадаҥы дьон
хорсун быһыыларын уруйдаан ойуулаабыта.

9.

Татьяна
Платон Ойуунускай тапталлаах, доҕор атас,
аҕа. Кини кыргыттарыгар Саргылаанаҕа
уонна Сардаанаҕа, кэргэттэригэр Феклаҕа,
Таняҕа, Акулинаҕа хоһооннорун анаабыта.

10.

Отутус сыллар хара
дьайдаах репрессиялара
П.А.Ойуунускайы
умнубатахтара.
Платон
Алексеевич
Ойуунускай
сырдык
тыына 1939 сыллаахха
алтынньы
ый
31
күнүгэр быстыбыта.

11.

П.А.Ойуунускай үтүө аатын үйэтитэн, кэриэстээн
кини аатын Саха академическай театра,
Дьокуускай куорат биир уулуссата сугэллэр. Итини
тэҥэ литератураҕа, искусствоҕа, архитектураҕа
государственнай
премияны
олохтообуттара,
литературнай музей тэриллибитэ.

12.

П.А. Ойуунускай саамай
сүдү үлэтинэн
олоҥхону суруйуута буолар. Кини кыра
сааһыттан олоҥхоһуттары сэргээн истэр
идэлээҕэ үһү.

13.

Ол истибит олоҥхолорун хомуйан, түмэн,
сүүмэрдээн, айан “Кыһыл ойуун”, “Дьулуруйар
Ньургун Боотур” диэн аан дойдуга биллэр
олоҥхолорун суруйбута.

14.

Онон,
олоҥхо
норуот уус

уран
айымньытын чыпчаала. 2005 сыллаахха аан
дойдутааҕы ЮНЕСКО тэрилтэтэ олоҥхону
билиммитэ.

15.

Олоҥхо киһи аймах чулуу айымньыларын испииһэгэр
киирбитэ. Киһи олоҥхону аахтаҕына кэрэтик
саҥарарга, олоҥхо тылын өйдөөтөҕүнэ, мындырдык
толкуйдуурга, ис хоһоонун биллэҕинэ, сөптөөхтүк
дьаһанан олорорго үөрэнэр.

16.

Биһиэхэ, оскуола оҕолоругар олоҥхону үөрэтэргэ
анаан элбэх хомуурунньуктар таҕыстылар.

17.

18.

19.

20.

Бухатыыр ата

21.

22.

Бүгүн
Платон
Алексеевич
Ойуунускай аата аар сарга
ааттанар,
кини
ырыата
ыһыахтарга
ылланар,
олоҥхото араас омук тылынан
талбаастанар.
Кини
төрүттээбит литературата
чэлгийэ сайдар, кини баҕарбыт
баҕата туолар – норуоттар
доҕордоһуулара туругурар.
English     Русский Правила