Амма аччыгыйа - тылбаасчыт
Амма Аччыгыйа оло5о, айар үлэтэ
. Тылбаастаабыт айымньылара
түмүк
приложение
175.85K
Категория: БиографииБиографии

Амма аччыгыйа - тылбаасчыт

1. Амма аччыгыйа - тылбаасчыт

АММА АЧЧЫГЫЙА - ТЫЛБААСЧЫТ
Выполнила: Степанова Виктория
Группа: яря-18
Руководитель: Васильева Акулина Александровна

2.

Чинчийии тоҕоостооҕо. Саха чаҕылхай
суруйааччылара бары даҕаны бэйэлэрин
тылбааска холонон көрбүттэрэ. Ол эрэн
Амма Аччыгыйын тылбааска бэйэтин
холонон эрэ көрбүтэ диир кыахпыт суох.
Кини улуу нуучча классиктарын, В.Г.
Короленко Саха сирин туһунан
кэпсээннэрин талааннаахтык тылбаастаан
төрөөбүт норуотугар уу сахалыы тиэрпитэ.

3.

Чинчийии сыала. Н.Е. Мординов Амма Аччыгыйа
тылбаастарын ырытыы.
Чинчийии сыалын ситиһэргэ маннык соруктар
тураллар:
Эдэр литература үөскүүрүгэр тылбаас оруолун
быһаарыы;
Амма Аччыгыйа тугу тылбаастаабытын наардааһын;
Амма Аччыгыйын тылбаастарын туһунан
ыстатыйалары кытары билсиһии.
Чинчийии эбийиэгэ. Тылбаас устуоруйата.

4.

Чинчийии биридимиэтэ.Амма Аччыгыйын
тылбаастара.
Чинчийии сонуна. Амма Аччыгыйын
тылбаасчыт быһыытынан ырытыылар
аҕыйахтар, онон бу тиэмэ сонун буолуон сөп.
Үлэ тутула. Куурустааҕы үлэ киирииттэн, икки
бастан, түмүктэн уонна туһаныллыбыт
литэрэтиирэ испииһэгиттэн турар.

5. Амма Аччыгыйа оло5о, айар үлэтэ

АММА АЧЧЫГЫЙА ОЛО5О, АЙАР ҮЛЭТЭ
Саха сэбиэскэй литературатын саҕалааччылартан биирдэстэрэ Николай
Егорович Мординов – Амма Аччыгыйа 1906 сыллаахха тохсунньу 6
күнүгэр Боотур Уус улууһугар (Тааттаҕа) дьадаҥы Дьөгүөрдээн Мординов
(Мундунов) ыалыгар төрөөбүтэ. 1928 с. Дьокуускайдааҕы педтехникуму
бүтэрбитэ. 1931 с. Иккис Москубатаа5ы судаарыстыбыннай университет
тыл уонна литература салаатын бүтэрбитэ. Суруйааччы айар суола 20-с
сс. ортотуттан саҕаламмыт. 1927 с. «Чолбон» сурунаалга бэчээттэммит
«Ийэ» диэн бастакы хоһоонун дьон кэрэхсээбит. Ол кэннэ өрөспүүбүлүкэ
хаһыаттарын уонна сурунаалларын сирэйдэригэр Амма Аччыгыйа ураты
быһыылаах уонна саҥа тематикалардаах кэпсээннэрэ бэчээттэммиттэрэ.
1934 с. «Быһах угун кыстыммат» диэнмаҥнайгы тахсыбыт кэпсээннэрин
хомуурунньуга тахсыбыта. Ол кэпсээннэриттэн үгүһэ саха
литературатыгар бигэ киирбиттэрэ. Кэпсээннэрэ ис хоһооннорунан
остроконфликтнай уонна драматичнай сюжеттаах буолаллар. Сорох
кэпсээннэрэ дьиэ кэргэҥҥэ тахсар айдаарсыыны, боппуруостары,
итэҕэли уонна да атын ааспыт кэмнээҕини кытары утарсыыга
анаммыттар.

6.

Хомуурунньукка саҥа дьон, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кыайыытын
кэнниттэн кинилэр бэйэ бэйэлэригэр сыһыаннарын туһунан кэпсээннэрэ
балачча улахан миэстэни ылар. Мординов 30-с сс. айар үлэтэ араас
жанрдарынан ураты: хоһооннору, пьесалары, кэпсээннэри, очеркалары,
сэһэннэри да суруйар. «Ситим быстыыта» (1937) диэн драматыгар
холбоһуктааһын бастакы сыллара ыраах турар нэһилиэккэ хайдах
ойууланар. Драма ыарахан да буоллар саҥа холбоһуктаах
саҕаланыыннан сөптөөх кыайыыннан түмүктэнэр. Бу пьеса бэйэтин
кэмигэр кулаактары кытары охсуһууга улахан оруолу оонньообута. (1932)
уонна «Киһи»(1938) диэн пьесаларын Н. Мординов саҥа актуальнай
тиэмэлэргэ анаабыт. 1937-1940 сс. дойдутугар муҥура суох тапталын,
боростуой сэбиэскэй дьоныраас ис дууһаларын туһунан кэпсээннэр
цикларын суруйбут.
Н. Мординов «Сынньалаҥҥа»диэн кэпсээнэ улахан ситиһиилэммитэ. Саха
литературатыгар бастакытын дьоһуннаахтык большевиктар тустарынан
сиһилии холонон көрөөһүн буолар.
Аҕа дойдутун Улуу сэриитигэр Амма Аччыгыйа икки кэпсээннэрин уонна
очеркаларын хомуурунньугун таһаарбыта: Война 1942 уонна на ходу
1944. Онтон 1962 c. эмиэ сэрии тематыгар төннөн «Алдьархай» диэн
сэһэни суруйбута. 1947 с. сэрии кэннэ «Доҕоттор» диэн сэһэнин оҕолорго
анаан суруйбута.

7.

Кини саха дьонугар киэҥник биллибит, дьон-сэргэ сөбүлээн аахпыт
«Сааскы кэм» романа аан бастаан 1944 сыллаахха бэчээттэнэн
тахсыбыта. Роман саха дьонун дьиҥ чахчы олоҕун уустаанураннаан, өҥнөөн-дьүһүннээн, сыттаан-сымардаан ойуулуур, саха
омук төрүт тылынан истиҥник-иһирэхтик, нарылаан-намчылаан
кэпсиир буолан ааҕааччыны умсугуппута, сэҥээрдибитэ: Амма
Аччгыйа айымньытыгар норуот олоҕун араас эйгэтин: күннээҕи
кыһалҕатын, дьарыгын, духовнай культуратын, охсуһуутун уонна
ыра санаатын бары өттүнэн хабан көрдөрбүтэ. Ону кытта роман
автобиографическай хайысхалаах, автор тус олоҕун кытта сөп
түбэһэр өрүттэрэ үгүс. Амма Аччыгыйа бэйэтэ этинэн-хаанынан
билбит, көрбүт олоҕун кэпсээбитэ. Бу айымньы саха дьонугар эрэ
буолбакка бүтүн Советскай Союз үрдүнэн биһирэммитэ, ону ааһан
омук сиригэр кытта саха омук олоҕун билиһиннэрбитэ. Таарыйа
ааҕыннахха, «Сааскы кэм» барыта 18 төгүл, биэс омук тылынан
тахсан турар (сахалыы, нууччалыы, украиналыы, чехтии,
венгердии). Кээмэйэ сөҕүмэр: 41,55 бэчээтинэй лиис, ол аата 750ча сирэйдээх кинигэ.

8. . Тылбаастаабыт айымньылара

. ТЫЛБААСТААБЫТ АЙЫМНЬЫЛАРА
Н.Е. Мординов тылбаасчыт быһыытынан киэҥник биллэр. Биһиги үгүс
суруйааччыларбыт курдук кини айар үлэтэ саҕаланыаҕыттан тылбааска
холоммута: өссө 1928 с. А.Е. Мординовы кытта “Мопр” диэн биир
көстүүлээх агитационнай пьесаны тылбаастаан таһаарбыта. Онтон ыла
Николай араас ис хоһоонноох – общественнай-политическай
литератураны (ол иһигэр В.И. Ленин айымньыларын), классиктар А.М.
Горькай (холобур, «Кыыс уонна өлүү», “В.И. Ленин” ), М.Ю. Лермонтов
(“Биһиги бириэмэбит геройа”), В.Г. Короленко элбэх айымньыларын
(“Уоттар”, “Саха сирин туһунан” хомуурунньуктар). С. Михалков («Степа
убай»), 1943 с. Ванда Василевская «Кустук» («Радуга») уонна да атын
суруйааччылар айымньыларын тылбаастаата. Ол эрээри Николай
Егорович саамай үгүс сыратын сөҕүмэр дбөккүөрдээхтик Л.Н. Толстой
улуу айымньыларын “Анна Каренинаны” (I т.1947, II т. – 1950 сс.), “Сэрии
уонна эйэ” эпопеэяны (“Война и мир” I т. – 1978, II т. – 1979, III т. – 1980,
IV т. – 1981 сс.), “Тиллии” (“Воскресение”, 1985 с.)
тылбаастааһыҥҥабиэрдэ. Кини бу сүдү айымньылары сахалыы
саҥардыыга 50-ча сыл тиһигин быспакка үлэлээтэ. Кэлин Амма Аччыгыйа
советскай литература сүдү айымньытын М.А. Шолохов «Чуумпу Дон»
(«Тихий Дон», 1-4 т.) тылбаастыырга туруммута.

9.

“Сахалары улуу Толстой айымньыларын бэйэлэрин
төрөөбүт тылларынан ааҕар улахан литературалаах,
дириҥ культуралаах омук эбит диэхтэрэ” диэн Амма
Аччгыйа эппиттээх. Манна кини төрөөбүт тылын,
культуратын хайдах курдук сыаналыыра, таптыыра,
үрдүктүк тутара көстөр. Кини саха литературата
сайдарыгар, саха норуота нуучча улуу
суруйааччыларын айымньыларын төрөөбүт тылынан
ааҕарыгар сүрэҕинэн-быарынан ыалдьара. Тылбаас
норуоттар доҕордоһууларын туоһута буоларын өйдүүрэ,
ол иһин өр сылларга туруулаһан сыралаах үлэни
сүкпүтэ.

10. түмүк

ТҮМҮК
Онон, Амма Аччыгыйа тылбааһы хайдах курдук кыайа-хото тутан
оҥороро, айымньы геройдарын майгытын-сигилитин толору арыйар
тылын сатаан булан туттара саха биир улахан тылбаасчыта буолар.
Уопсайа 17 айымньыныны тылбаастаабытын буллум уонна
испииһэктээтим. Итиннэ эбии общественно-политическай айымньылары,
холобур В.И. Ленин айымньыларын тылбаастаабыта биллэр.
Төрөөбүт литературатыгар, искусствотыгар Амма Аччыгыйын саҕа үгүһү
үрүлүтэн үлэлээбит, айбыт-суруйбут, бүтүн норуот хас да көлүөнэтин өйөсанаата сайдарыгар сабыдыаллаабыт, үгүс үтүөҕэ үөрэппит киһи биүиэхэ
суох диэн быһаччы билиниэххэ наада. Лев Толстой, М.Ю. Лермонтов,
Шиллер, Ванда Василевксая, М. Шолохов... Кини ити улуу маастардар
айар маастарастыбаларын биирдии туочукатыгар, соппутуойугар тиийэ
ырытан, сыныйан үөрэппит, сахалыы саҥардаары саҥа сонун суоллары
тэлбитэ саарбаҕа суох.

11. приложение

ПРИЛОЖЕНИЕ
«Мопр» 1928 с. А.Е. Мординовы кытта («Мопр» агитационная пьеса)
«Кыыс уонна өлүү» - 1938 с. («Девушка и смерть» поэма-сказка А.М. Горького)
«Степа убай» 1945 с. («Дядя Степа» С.В. Михалков)
«Биһиги бириэмэбит геройа» («Герой нашего времени» М.Ю. Леромнтова)
«Анна Каренина» I т. – 1947, IIт. – 1950 сс. («Анна Каренина» Л.Н. Толстой)
«Тиллии» 1985 с. («Воскресение» Л.Н. Толстой)
«Сэрии уонна эйэ» I т. – 1978 с., II т. – 1979 с.,III т. – 1980 с.,IV т. – 1981 сс.
(«Война и мир» Л.Н. Толстой)
«Чуумпу Дон» Iкн. – 1993 с.(«Тихий Дон» М. Шолохова)
«Саха сирин туһунан» 1954 («О Якутии» В.Г. Короленко)
«В.И. Ленин» («В.И. Ленин»А.М. Горького)
«Якутскай куорат» 1950 с. («Якутскай куорат» О.В. Ионова)
Общественно-политические литературы(В.И. Ленин айымньыларын)
«Коварство и любовь» Ф. Шиллера
«Человек с ружьем» Н. Погодина
«Наука ненависти» М.А. Шолохова
«Кустук» 1943 с.(повесть «Радуга» ВандыВасилевской)
«Күөх оноҕос» 1947 с. (повесть «Зеленая стрела» И. Всеволжского)
«Дьиэ кэргэн» 1953 с. (драма в 4-х действиях И. Попова «Семья»)
English     Русский Правила