Саха уус-уран литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, талааннаах драматург, поэт уонна прозаик –Анемподист Иванович
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар – «Таптал» драма.
А.И.Софронов «Дьадаҥы Дьаакып», «Олох дьэбэрэтэ», «Олох оонньуура», «Бүдүрүйбүт көммөт», «Таптал» испэктээкиллэрэ Саха
Анемподист Ивановиһы төрөөбүт Сахатын сирин дьоно-сэргэтэ, кини көмүс уҥуоҕун аны хаһан да сүтэрбэт-оһорбот аналланныбыт.
Алампа көмүс уҥуоҕун төрөөбүт дойдутугар Тааттаҕа аҕалар туһунан кылгастык ахтан ааһыахпыт. Кини уҥуоҕа Дьокуускай куоракка
Анемподист Иванович Софронов – Алампа
Норуодунай суруйааччы Е.П.Неймохов ахтыытыттан:
27.17M
Категория: БиографииБиографии

Анемподист Иванович Софронов - Алампа

1. Саха уус-уран литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, талааннаах драматург, поэт уонна прозаик –Анемподист Иванович

Софронов - Алампа
быйыл , 2021 сылга, сэтинньи ый 14 күнүгэр
төрөөбүтэ 135 сылын туолар өрөгөйдөөх үбүлүөйэ
(1886 – 1935 сс)

2.

эпос
лирика
драма
тылбаас
А.И.Софронов-Алампа
артыыс,
режиссер

3.

Боотуруускай улуус
билиҥҥи Чурапчы,
Таатта уонна Амма
улуустарын
сирдэрин-уоттарын
хабар
31
нэһилиэктээҕэ,
Саха
уобалаһын
саамай
улахан
улууһа буолара.

4.

А.И.Софронов

Алампа
1886
сыллаахха сэтинньи ый 14 күнүгэр
Таатта улууһугар
I Дьохсоҕон
нэһилиэгэр орто бааһынай кэргэнигэр
төрөөбүтэ. А.И.Софронов оҕо эрдэҕинэ
Алампа диэн таптал ааттааҕа. Кини
үһүс оҕонон төрөөбүтэ. Онон кыанар
ыал ыччатын быһыытынан дьоллоох
оҕо саастаныан сөптөөҕө. Дьонноро
былыргы хараҥа олох үгэһинэн,
«абааһыттан
күрэтэн»,
кинини
төрөөтүн кытары икки хараҕа суох
Бүлүү диэн быстар дьадаҥы оҕонньорго
ииттэрэ биэрэллэр.

5.

Онно кини биэһигэр диэри сылдьыбыта. Онтон атын
ыалга көһөрбүттэрэ, ол ыал ийэлэрэ эмиэ хараҕа суох эбитэ
үһү. Үсүһүн Кырытына Сэмэн уонна Ньуччуку Өлөөнө диэн
түөрт
уонча
сүөһүлээх
оҕонньордоох
эмээхсиҥҥэ
иитиллибитэ. Алампа уон биирдээҕэр ииппит аҕата
сэлликтээн өлөр. Онтон үс сыл кэриҥэ атаҕын тумсун
нэһиилэ сирдэтэ сылдьар ииппит ийэтиниин туспа ыал
буолан олорор кыахтара суох буолан, Алампа төрөппүт
аҕатын аахха кэлэннэр бииргэ ыал буолаллар. Иван
Корнилович оҕонньор ити сылларга бэрт ыар олоҕу
олорбут: икки кэргэнэ өлбүт, онтон биирэ Алампа ийэтэ,
кини үстээҕэр өлбүт. Оҕонньор кэнники кэргэниттэн
төрөөбүт тапталлаах оҕотун сүтэрбитэ эмиэ сүгэһэр буолбут.
Ити түмүгэр олоҕо сатарыйбыт, дьадайбыт.

6.

Ити курдук А.И.Софронов оҕо
сааһыгар,
төрөппүт
аҕа-ийэ
сылаас
тапталын
билбэккэ,
хараҥа, дьадаҥы ыаллар уонна
хараҕа суох ыар дьылҕалаах
дьоннор ортолоругар ааспыта.
Үөрэхтэн
маппыта.
Элбэх
кыһалҕаны-эрэйи көрбүтэ. Ол да
буоллар, маннык сылдьан кини
кыра дьоннор кыһалҕаларын
өйдөөбүтэ,
кинилэр
кэпсээннэрин, остуоруйаларын,
ырыаларын
–тойуктарын
истибитэ.

7.

Алампа
икки
бииргэ
төрөөбүт
убайдааҕа: Василий уонна Роман диэннэр.
Оччотооҕу кэмҥэ Иван Корнилович
уолаттарын үөрэттэрбит. Улахан уол
Василий кэнники куоракка реальнай
училищеҕа үөрэммитэ, орто уол Роман тыа икки кылаастаах оскуолатыгар
сылдьара. Алампа ыалы кэрийэ сылдьан
үөрэнэр кыаҕа суоҕа. Кини 16 саастааҕар
1902 с Ытык Күөлгэ таҥара дьиэтин
оскуолатыгар үөрэммитэ. Түөрт сылга
үөрэтиллэр оскуоланы икки сылга
үөрэнэн
бүтэрбитэ.
Онтон
убайын
Василий Ивановиһы кытта барсан 3 сыл
үөрэммитэ.

8.

Алампа
аҕатыттан
көҥүллэппэккэ, «үөрэнэр, сайдар
баҕаттан» 1907 с күһүн сыарҕа
суолунан
аргыһы
кытары
Якутскайдаан хаалар. Адьас туох
да
тэрээһинэ,
оннооҕор
уларыттар
таҥаһа
суох
дьиэтиттэн
тэлэһийбитэ.
Харчылаах буолуохтааҕар, бэйэтэ
этэринии,
«эргэ
саппыйаан
этэрбэстэн, киртийэн килэҥнии
сылдьар
ыстаантан
уонна
илбирийбит суппун сонтон
»
ураты туга да суоҕа.

9.

Анемподист Иванович олорбут кэмэ
аан дойду атыйахтаах уулуу ытыллар
кэмигэр сөп түбэспитэ. Онон кини
айымньылаах
үлэтэ
сөптөөх
сыанабылы ылбатаҕа. Аата-суола
элбэхтик мөккүөргэ турбута. Ити
эрээри А.И.Софроновы боростуой
дьон мэлдьи үчүгэйдик саныыр уонна
ахтар этэ. Ол оннук үгүс ахтыыттан
Булуҥҥа
бэдэрээккэ
Кирилэ
Спиридоновка
бииргэ
үлэлээбит
доҕоро
Николай
Жирков
ахтыытыттан киллэрэбит.

10.

«
1907 с сэтинньи 3 күнүттэн Алампа
Якутскайдааҕы
типографияҕа
наборщик-үөрэнээччи быһыытынан
үлэлээбитэ. «Якутский край»диэн
хаһыат
нэдиэлэҕэ
икки
төгүл
тахсара.
Кини
сырдатар,
демократическай характердаах үлэни
ыыппыта. Хаһыат 1908 с 57 №- н
кэнниттэн сабыллыбыта. Олунньу
ыйга «Якутская жизнь» тахсар
буолбута.
Алампа
онно
наборщигынан
киирбитэ.
Ити
хаһыат эмиэ 1909 с сабыллыбыта. »

11.

“...
Итинтэн
кэлин
А.И.Софронов
Уус-Алдан
оройуонун
Баатаҕай
нэһилиэгиттэн
төрүттээх
Кирилэ
Спиридонов
атыыһыкка эридьиэсчитинэн
үлэҕэ киирбитэ. Ити кэмтэн
Алампа уонна Н. Жирков
доҕордоһуулара саҕаламмыт.
Иккиэн
бииргэ
Өлүөнэ
эбэлэрин устун төттөрү-таары
муораҕа тиийэ, хаста эмэтэ
бииргэ устан, түөрт сылы быһа
бииргэ сылдьыбыттар...”

12.

“ Алампа 1912 с Калинкин атыыһыкка
сорукка сылдьааччы Дуня Яковлева диэн
кыыһы кытта билсибитэ. Суруйааччы
маҥнайгы ыраас тапталын сылларыгар
айымньылаахтык үлэлээбитэ.
Элбэҕи
айбыта.
Доҕоро
Дуняҕа
ыытар
суруктарын, хоһооннорун саамай итэҕэйэр
киһитинэн Николай Жирков буолара. 1913
с муус устар 28 күнүгэр Кирилэ
Спиридонов дьиэтигэр кинилэр дьоллорун
холбуур сыбаайбалара буолбута. Хаһаайын
кинилэргэ олбуор иһигэр туспа дьиэ булан
биэрбитэ.”

13.

“...Биһиги Алампалыын хас саас ахсын
Якутскайтан Булуҥҥа киирэн бэдэрээккэ
бултуур сахалартан, эбээннэртэн балык
тууһаан тутарбыт. А.И.Софронов ити
сылдьан араас дьону кытта билсибитэ,
олох
кыһалҕатын,
эрэйи
этинэнхаанынан билбитэ. Итини суруйааччы
кэлин
бэйэтин
айымньыларыгар
табыгастаахтык
туһаммыта.
Тиһэх
сырыыбытыгар
лыык
курдук
симиллибит дьону кытта 25 хонук устата
Өлүөнэ эбэбитин өксөйөн, Якутскай
куораты
булбуппут.
А.И.Софронов
Кирилэ Спиридоновка 12 сыл тохтоло
суох үлэлээбитэ”

14.

“...Кини 1914-1917 сс «Дьадаҥы Дьаакып», «Аанньал
уонна абааһы», «Таптал», «Бүдүрүйбүт көммөт»” о.д.а
элбэх суруйууларын айбыта. Улахан тахсыылаах
суруйууларын айбыта.Улахан суруйааччы буолан
аатыран барбыта. Мин билигин да биир түгэни олус
чуолкайдык өйдүүбүн. 1915 с Анемподист Иванович
Бокуруоп күн миэхэ анаан хоһоон суруйан бэлэхтээбитэ
уонна эрэйдээх олохпут, улахан доҕордуубут бэлиэтигэр
диэн ааттаан сиэпкэ угуллар «Габю» чаһыыны биэрбитэ.
Чаһыы икки хос үрүҥ көмүс хаппаҕар кини автограф
суруйбут этэ : «Коле Жиркову от Анемпо. 1/ 10. 1915 год»
Мин бу чаһыыны 55 сыл устата кэриэс гынан уура
сылдьабын »
Николай Жирков. А.И.Софронов чаһыыта.Кэскил. 2006
с.

15.

Алампа литературнай дьарыга онус сыллар
саҥаларыттан
күүһүрбүтэ.
Балыгынан
эргинэр
атыыһыкка үлэлиир
кэмигэр
Анемподист Иванович куруутун кыра-хара
үлэһит дьоннор ортолоругар сылдьара.
Норуокка киэҥник биллибит маҥнайгы
айымньытын «Төрөөбүт дойду
» диэн
хоһоону 1912 с суруйан бэчээттэппитэ. Ити
кэнниттэн «Ырыаһыт Бүөтүр Черныхха»,
«Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр» хоһооннору,
«Аанньал уонна абааһы» диэн поэманы
суруйталыыр. Кини дириҥ иэйиилээх , уран
тыллаах , өйдөнүмтүө ис хоһоонноох
лириката – суруйааччы айымньытын биир
дьоһуннаах салаата.

16.

Саха поэзиятыгар саха киһитин кутун
–сүрүн айманыытын тылга тиһэн,
саха эр киһитин таптал туһунан аан
бастаан Алампа саҥардыбыта.
Киниэхэ тэҥнээх чараас лирикалаах
поэты дэбигис ааттыырыҥ уустук.
Кини поэзията баар буолан Күннүк
Уурастыырап, Таллан Бүрэ, Арбита,
Семен Данилов, Леонид Попов, Иван
Гоголев, Савва Тарасов курдук тыл
маастардара үөскээтэхтэрэ.
Алампа ыраас , сырдык куолаһа, истиҥ, кырдьыксыт
интонацията саха поэзията сайдарыгар төрдүттэн үрдүк
таһымы биэрбитэ.

17.

Эдэр
Софронов
Якутскайга
киириэҕиттэн
театрга
умсугуйан
сылдьар
буолбута.
Онтон
кини
сахалыы
тылынан
бастааҥҥы
спектакллар
туралларыгар
активнайдык кыттар: артыыс, суфлер
уонна режиссер оруолларын толорор.
Хас даҕаны нууччалыы драмалары
сахалыы
тылга
тылбаастаан
туруортарар.
Олор
истэригэр
Л.Н.Толстой «Барыта кинилэртэн»,
А.П.Чехов «Эһэ» диэн пьесаларын.

18.

Сахаҕа тыйаатыр диэн тугун биир
бастакынан
биллэрбит,
төрүттэспит
суруйааччыбыт Анемподист Софронов
буолар. Онон Алампаҕа аналлаах «Алампа
уонна тыйаатыр» диэн быыстапка, Алампа
драмаларын
персонажтарын
кытта
көрсүһүү тэриллибитэ.
Тыйаатыр архыыбын сүрүннүүр Ефим Степанов этэринэн, 1986
с Н.Лугинов «Алампа…Алампа…» драматыгар оонньуоҕуттан
А.И.Софронов туһунан сыныйан үөрэтэр буолбут.
Кини
драмаларын оптимизма билиҥҥи олоххо сиэтэн аҕалар.
Холобур, «Дьадаҥы Дьаакып» драмаҕа Дьаакып: «Үөрэх
сайдыы баар буоллаҕына, баттал суох буолуо этэ»,- диэн ырата
билиҥҥи олох тыына буола сылдьар.

19.

20.

Алампа айымньылара күн бүгүнүгэр диэри тыыннаахтар,
өлбөт-сүппэт уобарастара, сэрэппит сэрэтиилэрэ, күннээҕи
олоҕу кытта бииргэ хардыылыыллар. Кини айымньытын
ааҕан элбэххэ үөрэниэххэ сөп. Араас сиэргэ-майгыга, омук
быһыытынан киэн туттууга, көҥүл буолууга, сырдыккакэрэҕэ. Холобур, «Куоратчыт» кэпсээҥҥэ Ыстапаан
олоҕуттан билиҥҥи кэм Ыстапаанын олоҕо атына суох
курдук көстөр. Билиҥҥи Ыстапаан хамнаһа тиийбэккэ
оҕолорун аһатаары-иитээри иэс бөҕөҕө киирэр, иэһин
төлөөрү сүөһүтүн туттар. Былыргыттан быйылгыга диэри
саха аймаҕы быһа кэрбээн кэлбит арыгы, хаарты уонна да
атын дьаллыкпыт урукку ла билиҥҥи да Ыстапааннар
олохторун огдолутара улахан мөккүөрэ суох .

21. Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар – «Таптал» драма.

Алампа 125 с үбүлүөйүгэр тыйаатыр
уус-уран
салайааччыта
Алексей
Прокопьевич Павлов ахтыытыттан:
«…
Кэтириис
икки
сааһыттан
тулаайах хаалан, бу орто дойдуга ийэаҕа тапталын билбэт. Премьераҕа
кэлбит дьон Кэтириис эрэйдээхбуруйдаах дьылҕатын олус чугастык
ылынан, харахтарын уутун соттосотто
Кэтирииһи
оонньообут
Айталина Ильинаҕа дохсун ытыс
тыаһын бэлэхтээбиттэрэ… »

22. А.И.Софронов «Дьадаҥы Дьаакып», «Олох дьэбэрэтэ», «Олох оонньуура», «Бүдүрүйбүт көммөт», «Таптал» испэктээкиллэрэ Саха

театрыгар хаста да тура сылдьыбыттара.
«Дьадаҥы Дьаакыбы» бастакы туруорууга
Ойуунускайдах
Аммосов
оонньообуттар.
Алампа 125 үбүлүөйдээх сылыгар испэктээктэр
саха
сирин
бары
тыйаатырдарыгар
туруоруллубуттар.Сүрүн
режиссер
Руслан
Тараховскай А.И.Софронов «Аҕабар сурук»
уонна «Ини бии» айымньыларынан «Ини –
бии» испэктээкил туруоруллубут.

23.

А.И.Софронов «Дьадаҥы Дьаакып». Ньукулай – САССР
үтүөлээх артыыһа Л.Сергучев, Дьаакып – РСФСР,
САССР норуодунай артыыһа М.Слепцов.

24.

1959 с. сайын РСФСР
Миниистирдэрин Сэбиэтэ Саха
сиригэр норуодунай тыйаатыры
аһары көҥүллээбитэ. Тыйаатыры
Тааттаҕа аһарга быһаарбыттара,
тэрийтэрээри
Р.С.Никифоровы
директорынан,
И.М.
Максимованы
режиссерунан
анаабыттара. Тыйаатыр икки
сыл иһигэр А.И.Софронов
“Тапталын”,
Н.Д.Неустроев
“Тиэтэйбитин”
,
Суорун
Омоллоон
“Киһини
туох
киэргэтэрэ” туруорбуттара.

25.

А.И.Софронов айар үлэтигэр биир дьоһун
миэстэни
тылбааска
анаабыта.
Тылбааһы
ыраахтааҕы былааһын кэмигэр саҕалаабыта.
Оччолорго
бэчээти
улаханнык
хонтуруоллууллара.
Онон
нууччалыыттан
сахалыы тылбааһы Санкт-Петербуртан көҥүлэ
суох мээнэ таһаарбат этилэр. Дьокуускайга
олохтоох цензура тэриллэ илигэ. Ол да үрдүнэн,
бэрт эрэйинэн, нуучча классиктарын сахалыы
тылбаастаан, кулууп сценатыгар оонньуур, ааҕар
буолбуттара. Маныаха Алампа барытыгар тэҥҥэ
үлэлэспитэ.Кини
нуучча
классиктарыттан
А.Пушкин
«Капитанская
дочка»
сэһэнин,
И.Крылов «Стрекоза и муравей» үгэтин, А Чехов
«Юбилей» пьесатын

26.

о.д.а айымньылары тылбаастаабыта.
Балартан
«Хапытаан
кыыһа»
сэһэн
Анемподист
Иванович
өлбүтүн
кэннэ,
репрессия саҕаланан эрдэҕинэ, ааптара
ыйыллыбакка бэчээттэммитэ. Онон бу сэһэн
сүппүтүнэн
ааҕыллан
сылдьар.
Рукопиһыттан бэрт аҕыйах хара илиис ордон
хаалбыта
гуманитарнай
институт
архыыбыгар хараллан сытар. Кэлиҥҥи
кэмҥэ
СГУ
преподавателэ,
учуонай
В.Г.Семенова
устудьуоннары
архыыпка,
библиотекаҕа
үлэлэтэн,
А.И.Софронов
үлэлэрин
хомуйтарбыта.
Билигин
бу
айымньылары
устан
ылан
бэчээккэ
тарҕаталлар.

27.

С.Герасимов Алампа туһунан
ахтыытыттан: «..Төһө да кытаанах
усулуобуйаҕа сырыттарбын,
санаабын түһэрбэппин, үлэм чааһа
бүппүтүн кэннэ уонна түүн наар
суруйан тахсабын, онон
аралдьыйабын. М.Шолохов
«Тиэриллибит кырыс» романын
тылбаастаан баран, таһаартарарга
көрдөһөн, Саха АССР
издательствотыгар ыыттым. Эн
миигин кытта үчүгэйдик
кэпсэттиҥ, атыттар тумна
хаамаллар, көрө-көрө көрбөтөҕө
буолаллар… »

28.

«… Алампа болдьоҕо туолан, 1933 с
дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Кэлээт,
сотору
соҕус
буолан
баран
суруйааччылар
Союзтарыгар:
«Ийэ
дойдубар, төрөөбүт норуоппар бэйэм айар
дьоҕурбунан
күүһүм
кыайарынан
үлэлээн, туһаны оҥоруохпун баҕарабын,
миигин
бэйэҕит
кэккэҕитигэр
чилиэнинэн ыларгытыгар көрдөһөбүн»диэн
дириҥ
ис
хоһоонноох
сайабылыанньатын
өйөөннөр
ылыллыбыта. »
С.Герасимов ахтыытыттан

29.

Алампа эдэр ыччат
дьонугар
быыһанар суолбут
айылҕабыт,
ийэ
сирбит, айыыбыт
итэҕэлэ
итиэннэ
ийэ
тылбыт
буоларын
уу
сахалыы тылынан
чопчу
ыйан
хаалларбыта.

30.

1927 сыл балаҕан ыйын 15 күнэ – бу
А.И.Софронов санаатын харааһыннарбыт
бастакы хара күнэ этэ. Кинини, саха
театрын уонна киинэ сэбиэдиссэйин, тутан
хаайыыга олордоллор. 1928 сыл тохсунньу
27 күнүгэр «революцияны утарар тэрилтэ
актыыбынай кыттыылааҕа буолбатах, ол
тэрилтэ баарын билэр эрээри, былаас
органнарыгар тиэрдибэтэх» диэн бастакы
ыар буруйдааһыны сымнатан биэрэллэр.
1928 с кулун тутар 29 күнүгэр үһүс төгүлүн
хаайан,тэрилтэ кыттыылааҕа диэн урукку
буруйдааһыннарын
соҥнууллар.
Уһун
соттуктаах буруйга-сэмэҕэ тиксэн эрэрин
А.Софронов билбэтэҕэ эбитэ буолуо...

31.

Кини билэрэ сэбиэскэй былаас иннигэр
мунду хараҕын саҕа да буруйа суоҕун. Ол да
иһин
«миэхэ
сүктэриллэр
буруйу
билиммэппин» диэн көрдөрбүтэ. Соловки
ынырыктаах лааҕырыгар биэс сылга
олорорго уурбуттара. Кэлин икки төгүл
ааһыныытыгар буруйа суоҕун өтө билэр
эрээри, Архангельскай уобаласка көскө
ыыппыттара. Кэлин өлбүтүн да кэннэ 1938,
1950-с
сылларга
«националист,
бары
контрреволюционнай хамсааһын идеолога»
диэн буруйдааһынтан куоппатаҕа. Кини
сырдык аата 1991 сылга эрэ бүтэһиктээхтик
реабилитацияламмыта.

32.

А.И.Софронов хаайыыга сылдьан суруйбут
«Аҕабар»
диэн
хоһоонун
киһи
эрэ
ытамньыйа ааҕар айымньыта. Дойдутун,
чугас дьонун ахтара, суохтуура, кинилэр
тустарынан
саныыра
бүүс
бүтүннүү
этиллэр.Бу эрэ хоһооно буолуо дуо, олорбут
олоҕо барыта илэ көстөр курдук.
Кини төрөөбүт дойдута – Дьохсоҕон
сирэ.
«Куобах
буспут»,
«Оккуодай»алаастарга
иитиллэн
киһи буолбута. Ол онтун өрүү
үчүгэйдик саныыра. Хаайыыттан
босхолонон
баран,
алаастарын
кэрийэ дойдутугар кэлэн барбыта.

33.

Алексей
Кулаковскай,
Платон
Ойуунускай,
Анемподист Софронов, Николай Неустроев улуу нуучча
норуотун, бырааттыы республикалар суруйааччыларын
кытта бииргэ ылсыһан, саҥа интернациональнай
тыыннаах литератураны үөскэтиспиттэрэ.

34.

1957 с. күһүн партия обкомун мас
дьиэтигэр литературнай нэһилиэстибэ
боппуруоһугар
буолбут
мунньахха
Москваттан үөрэҕи бүтэрэн кэлбит эдэр
дьон: В.Н.Иванов, Е.Е.Алексеев уонна
СГУ
устудьуона
П.Е.Ефремов
А.К.Кулаковскай,
А.И.Софронов,
Н.Д.Неустроев
нэһилиэстибэлэрин
көмүскээбиттэрэ. 1957 с
тахсыбыт
уурааҕы утарбыттара. Дьэ ити кэмтэн
саха
норуотун
культурнай
нэһилиэстибэтин, историятын үөрэтиигэ,
сырдатыыга үлэ үтүө суобастаахтык,
кырдьыктаахтык
үөрэтиллэн,
чинчийиллэн күн бүгүн тиийэн кэллэ.

35. Анемподист Ивановиһы төрөөбүт Сахатын сирин дьоно-сэргэтэ, кини көмүс уҥуоҕун аны хаһан да сүтэрбэт-оһорбот аналланныбыт.

Суруйааччы Анемподист
Иванович Софронов –
норуот кинини таптаан
уоһуттан
түһэрбэтэх
аатынан Алампа төрөөбүт
дойдутугар кэлбитэ! Бу
түгэн 2012 сыл атырдьах
ыйые 15 күнүгэр күнүс 2
чаастан үрүҥ күн көрөн
турдаҕына саҕаламмыта.
Анемподист Ивановиһы төрөөбүт Сахатын сирин дьоно-сэргэтэ,
кини көмүс уҥуоҕун аны хаһан да сүтэрбэт-оһорбот
аналланныбыт.

36. Алампа көмүс уҥуоҕун төрөөбүт дойдутугар Тааттаҕа аҕалар туһунан кылгастык ахтан ааһыахпыт. Кини уҥуоҕа Дьокуускай куоракка

көрүллүбэккэ –хараллыбакка, дьон-сэргэ соччо
билбэккэ турбута. Алампаны көмүү А.С.Пушкины
көмүү курдук бэрт аҕыйах киһилээх, түүн
ыытыллыбытын туһунан билэбит. Алампа көмүс
уҥуоҕун
көһөрөр
туһунан
санаа
Суорун
Омоллооҥҥо быдан эрдэ үөскээбитэ. Хадаайы
түмэлин оҥоро сылдьан этэрэ: «Бу музейбыт
сиригэр-уотугар саха үс реалист суруйааччытын
түмүөхпүт,
дьиэлэрин-уоттарын
аҕалыахпыт…»Салгыы Дьохсоҕон МТ Сэбиэтэ
туруорсан быһаарыы ылыллыбыта

37. Анемподист Иванович Софронов – Алампа

Николай
Лугинов
драматургияҕа
чаҕылхай
айымньылары
суруйбута.
«Алампа,
Алампа…»
драматыгар
айар
үлэһит
кытаанах аналын, эрэйдээх
тапталын,
кырдьыгын
туһунан санаатын суруйбут.
Ытык Күөл. 2012 с.

38. Норуодунай суруйааччы Е.П.Неймохов ахтыытыттан:

“...Алампа олоҕун туһунан роман суруйбутум
быһыытынан кини хаан-уруу дьонугар
уостубат тапталын, дойдутугар күүстээх
дьулуһуутун өйдөөн, айымньыбын Алампа
төрөөбүт түөлбэтигэр , таптыыр хаан уруу
дьонугар тиийэринэн түмүктээбитим. Кини
дойдутун хайдах курдук таптыырын,
ахтарын хоһоонугар: “хаарыан дойдубун
санаатым, хааным харааһынна, хараҕым
уута хаамтата суох халыйбытынан барда”
даҕаны диириттэн өйдүөххэ сөп...”- диэн
Е.П.Неймохов Алампа уҥуоҕун көһөрөр
туһунан кэпсэтиигэ суругуттан.

39.

“Бочуот Знага” уордьаннаах «Чолбон» сурунаал
бастакы нүөмэрэ 1926 с сэтинньигэ тахсыбыт . Көрөн
таһаарааччылар Алампа, В.Леонтьев, А.Бояров уонна
Күндэ буолбуттар. Алампа сурунаал аатын толкуйдаабыт.

40.

41.

42.

43.

44.

45.

Саха омук өркөн өйдөөхтөрүн, ытык дьоммут ааттарын
үйэтитии өссө да төрөөбүт сирбитигэр ыытылла
турарыгар
баҕарабыт.

46.

Түмүк
Саха норуота бастакы суруйааччыларын
Алампа
Москваҕа бэйэтинэн ыарыылаан,
көрөн-харайан тиһэх суолугар атаарбыт убайын
А.Е.Кулаковскайы, бэл «сэбиэскэй» мунньахха
сырытыннарбакка муор-туор тутуллан эрдэ
суорума
суолламмыт,
быраатын
курдук
сыһыаннаспыт киһитин Н.Д.Неустроевы уонна
А.И.Софроновы – кинилэр үтүөлэрин-өҥөлөрүн,
хайдах да хараарда, туора сото сатаабыттарын
иһин , - хаһан да умнубатаҕа Ол да иһин ити
уһулуччулаах дьоммут сырдык ааттарын
көмүскээччилэр мэлдьи

47.

баар
буолан
иһэллэрэ.
Оннук
көмүскээччилэртэн ураты тутан хоһуун
ученай Г.П.Башарины, Общественнай –
политическай
деятель
И.Е.Винокуровы
махталы кытта ааттаан аһарыахтаахпыт.
Бэйэлэрэ туох дьылҕаланалларын кэрэйбэт
итинник көмүскээччилэр сыраларынан үс
баараҕай суруйааччыбытыгар, ол иһигэр
Алампаҕа
тиэрэ
сыанабыл
кирэ,
холуннарыы хоҕо сыстыбатаҕа. Норуот
ытыктыыр киһитэ өлбөт үйэлээх, Алампа
бүгүн да биһигини кытта: ыччаппытын
иитиһэр, олохпутун оҥосторбутугар өй
салҕанар киһибит.
English     Русский Правила