Салбанская начальная школа 1969-1972 г.
Ученики 1-го класса 1969 г. ученики 3-го класса 1971г
Дьяконова г.а. ахтыыта. 1967 с үөрэҕи бүтэрээт Искраҕа үлэлээбитим. Онтон ф.д. Ушницкая салбаҥҥа үлэлэтэ илдьибитэ.н.а. Аргунов
Сивцева (Прокопьева) Раиса Семеновна
Аргунова Прасковья николаевна
Протопопов сергей николаевич
Ощепкова ольга андреевна
Аргунова анастасия кондратьевна
Колесов алексей петрович
Кривошапкин николай васильевич
Сысолятин Афанасий егорович
27.29M

Салбанская начальная школа альбом 1969-1972 [Автосохраненный]

1. Салбанская начальная школа 1969-1972 г.

САЛБАНСКАЯ НАЧАЛЬНАЯ ШКОЛА
1969-1972 Г.

2. Ученики 1-го класса 1969 г. ученики 3-го класса 1971г

УЧЕНИКИ 1-ГО КЛАССА
1969 Г.
УЧЕНИКИ 3-ГО КЛАССА
1971Г
Классный руководитель – Дьяконова Гертруда Афанасьевна

3. Дьяконова г.а. ахтыыта. 1967 с үөрэҕи бүтэрээт Искраҕа үлэлээбитим. Онтон ф.д. Ушницкая салбаҥҥа үлэлэтэ илдьибитэ.н.а. Аргунов

ДЬЯКОНОВА Г.А. АХТЫЫТА.
1967 С ҮӨРЭҔИ БҮТЭРЭЭТ ИСКРАҔА ҮЛЭЛЭЭБИТИМ. ОНТОН Ф.Д.
УШНИЦКАЯ САЛБАҤҤА ҮЛЭЛЭТЭ ИЛДЬИБИТЭ.Н.А. АРГУНОВ МАССЫЫНАТЫНАН КӨСПҮТҮМ.БАСТАКЫ СЫЛБАР
УОПСАЙ ҮӨРЭППИТИМ.1969 С. БУ РАЯЛААҔЫ ЫЛБЫТЫМ.ДЕТСАДТАН КЭЛБИТ БУОЛАН ОСКУОЛА БЭРЭЭДЭГЭР
ТҮРГЭННИК КИИРБИТТЭРЭ.БАРЫ ПРЕДМЕТИ БАРЫТЫН ҮӨРЭППИТИМ.НАҺАА ДЬОҔУРДААХ,СЫТЫЫ-ХОТУУ
ОҔОЛОР ЭТЭ,АРДЫГАР ДЬЭЭБЭЛЭНЭН ДА ЫЛАЛЛАРА,ДЭЛБИ КҮЛЛЭРЭЛЛЭР ЭТЭ.УЧУУТАЛЛЫЫР ҮЛЭБЭР
МАҤНАЙГЫ КЫЛААҺЫМ,ОЛ ИҺИН СҮРЭХПЭР, ДУУҺАБАР ОРДУК ЧУГАСТАР. БАҔАРЫАМ ЭТЭ КИНИЛЭРГЭ ТУОХ
БААР БАРЫ ҮЧҮГЭЙИ,ЭТЭҤҤЭ СЫЛДЬЫЫНЫ.
3

4. Сивцева (Прокопьева) Раиса Семеновна

СИВЦЕВА (ПРОКОПЬЕВА) РАИСА СЕМЕНОВНА
1. Знак «Отличник образования Республики Саха (Якутия)», 2010 г.
2. Знак «Учитель учителей Республики Саха (Якутия)», 2021 г.
3. Знак «Учитель ученических признаний», 2010 г.
4. Знак «Учитель ученических признаний», 2021 г.
5. Медаль ГД РФ «Благодарность депутата» ,2021 г.
6. Знак «За вклад в развитие СП «Хатырыкский наслег»»
7. Почетные грамоты , благодарственные письма – Постоянного комитета Ил-Түмэн,
Министерства образования РС (Я), Главы МО “Намский улус” РС(Я), Президиума рескома профсоюзов, улусного совета депутатов
МО “Намский улус”, Дирекции Института математики иинформатики.
Мин Прокопьева Раиса Семеновна, оҕо сааһым Салбаҥҥа, Хамаҕаттаҕа ааспыта.Салбаҥ оскуолатыттан тирэх үктэнэн,
Хамаҕаттаттан кынаттанан Дьокуускайга үрдүк үөрэххэ үөрэнэн бу кэмҥэ диэри учууталлыы сылдьабын. Салбаҥ оскуолатыгар үөрэнэр
кэмнэрбэр үлэлээбит үлэһиттэр, учууталлар тустарынан олус истиҥник өйдүү-саныы сылдьабын.Хас биирдиилэрэ тус - туспа ураты
дьоҕурдаах, көрүүлээх буолан оҕолор дэгиттэр сайдыылаах буолалларыгар кыһаллан үлэлииллэрэ. Маҥнайгы учууталым Гертруда
Афанасьевна , идэтинэн саҥа үлэлээн эрэр да буоллар, улууска үчүгэй көрдөрүүнү ситиспит этибит, инспектор ( ол саҕанааҕы оҕо
хараҕынан наһаа мааны киһи этэ)кэлэн мүнүүтэҕэ аахтаран, бары өттүнэн бэрэбиэркэ ыыппытын түмүгүнэн. Анна Даниловна эмиэ
ирдэбиллээх учуутал этэ, нуучча тылын үөрэппитэ.Февронья Дмитрьевна директор этэ. Мария Семеновна үҥкүүгэ сөбүлээн
дьарыктыыра. Тамара Ивановна араас сценкалары, фокустары оҥотторон дьон болҕомтотун тардара.Бииргэ үөрэммит, үөскээбит
доҕотторбор, үөрэппит, уһуйбут учууталларбар барҕа махталбын этэбин!

5. Аргунова Прасковья николаевна

АРГУНОВА ПРАСКОВЬЯ НИКОЛАЕВНА
Мин,Аргунова Паша 1969сыллаахха Салбаҥ начальнай оскуолатыгар маҥнайгы
кылааска
үөрэнэ
киирбитим.Кылааспыт
салайааччыта,
маҥнайгы
учууталым
Дьяконова Гертруда Афанасьевна. Оскуола боруогун 9 оҕо буолан атыллаан
киирбиппит. Мин биир паартаҕа Кривошапкин Колялыын 3с кылааҺы бүтэриэхпэр
дылы олорбутум. Үөрэхпэр 4 уонна 5 сыанаҕа үөрэммитим. Оскуолаҕа үҥкүү
кружогар дьарыктаммытым - Баишева Мария Семеновна салайбыта. Литературнай
дьарыкка кыттарым Бурношева Тамара Ивановна салайбыта.Октябренокка.пионерга
киирбит күммүн билигин да өйдүүбүн. Саас,күҺүн тыаҕа походтарга учууталларбыт
илдьэ сылдьаллара.Биир саас Горнай улууҺун Улуу СыҺыы дэриэбинэтигэр сатыы
баран
таҥара
истэн,оонньоон
дьиэтин
көрөн.сэрии
,үөрэн
кэлбиппит.ТөҺө
ветеранын
Контоев
да
оскуолаҕа
кыра
Степан
ахтыытын
үөрэннэрбин
-
учууталларбын бииргэ алтыспыт Салбаным оҕолорун хаҺан да умнубаппын,сүрэхпэр
өрүү
бааллар.Хамаҕатта
орто
оскуолатын
1979
с
бүтэрбитим.
Биир
сыл
производствоҕа үлэлээн баран Дьокуускайдааҕа сельхоз. техникум зоотехния
отделениетын
бүтэрбитим.
Билигин
олоробун.Кэргэннээхпин,2 кыыс оҕолоохпун.
Суруйдум Охлопкова П.Н.2026сыл
Мэҥэ-Хаҥалас
Хара
бөҺүөлэгэр

6. Протопопов сергей николаевич

ПРОТОПОПОВ СЕРГЕЙ НИКОЛАЕВИЧ
ПРОТОПОПОВ СЕРГЕЙ НИКОЛАЕВИЧ 1962 СЫЛЛААХХА БЭС ЫЙЫН 13 КҮНҮГЭР
САЛБАН НЭҺИЛИЭГИН, "ӨРГӨЛӨӨХ" УЧААСТАГАР КҮН СИРИН КӨРБҮТЭ. АҔАТА ТӨРҮТ
САЛБАН ОЛОХТООҔО ПРОТОПОПОВ НИКОЛАЙ ПАВЛОВИЧ – БИРИГЭДЬИИР, ИЙЭТЭ
ХАМАҔАТТАН ТӨРҮТТЭЭХ ДЬЫТСААД НЬЭЭНКЭТЭ ЯДРИХИНСКАЯ СТЕПАНИДА
ИВАНОВНА. БЭҺИС ОҔОНОН СЕРГЕЙ ТӨРӨӨБҮТЭ. САЛБАҤҤА 1968С. БАСТАКЫ
ДЕТСАД АҺЫЛЛЫБЫТА. 1962-1963СС ТӨРҮӨХ ОҔОЛОР БАСТАКЫНАН ДЕТСАД
ИТИЛЛЭЭЧЧИЛЭРЭ БУОЛБУТТАРА. 1969С. ОСКУОЛА БОРУОГУН АТЫЛЛААБЫТА.
БАСТАКЫ КЫЛААСКА УЧУУТАЛА ДЬЯКОНОВА ГЕРТРУДА АФАНАСЬЕВНА ҮӨРЭППИТЭ.
СЕРГЕЙ КЫРА СЫЛДЬАН МЭНИК-ТЭНИК, БЭТИЭХЭЛЭЭХ ЭБИТЭ ҮҺҮ. ОНУ-МАНЫ
САҤАРАН ДЭЛБИ КҮЛЛЭРТИИРЭ ҮҺҮ. БАСТАКЫ УЧУУТАЛЫН КЫТТА ӨЛҮӨР ДИЭРИ
СИБЭЭҺИН
БЫСПАТАҔА,
УЧУУТАЛЫН
ОЛУС
КҮНДҮТҮК
САНЫЫРА,
УБААСТЫЫРА.1979 С. НЬУРБА 1 НҮӨМЭРДЭЭХ ОСКУОЛАТЫН БҮТЭРБИТЭ. ОҔО
ЭРДЭҔИТТЭН СУОППАР БУОЛУОН БАҔАРАРА. ОЛ БАҔАТЫН 1980 С. СГУ-3 СУОППАР
ИДЭТИГЭР ҮӨРЭММИТЭ. ОНТОН ЫТЫК ИЭҺИН ТӨЛҮҮ СЭБИЭСКЭЙ ААРМЫЙАҔА
СУЛУУСПАЛЫЫР. СУОППАР ИДЭТИНЭН АРААС ТЭРИЛТЭЛЭРГЭ ҮЛЭЛЭЭБИТЭ:
МАСЛОЗАВОДКА, РАЙПОҔА, САЛБАҤ АДМИНИСТРАЦИЯТЫГАР, РОВД, СУОЛ ОҤОРОР
ТЭРИЛТЭҔЭ.ҮТҮӨ СУОБАСТААХ ҮЛЭТИН ТУОҺУЛУУР ЭЛБЭХ ГРАМОТАЛАРДААХ,
МАХТАЛ
СУРУКТАРДААХ.1984С.
АХСЫННЬЫ
1
КҮНҮГЭР
ЗИНАИДА
АЛЕКСЕЕВНАЛЫЫН ЫАЛ БУОЛБУТА. ИККИ ОҔОЛООХ: КЫЫҺА МАРИНА – ИДЭТИНЭН
ЭКОНОМИСТ, КЭРГЭННЭЭХ, ИККИ ОҔОЛООХ. УОЛА НИКОЛАЙ – ТУТААЧЧЫ.2018С.
ЭМИСКЭ ЫАЛДЬАН ОЛОХТОН ТУОРААБЫТА.

7. Ощепкова ольга андреевна

ОЩЕПКОВА ОЛЬГА АНДРЕЕВНА
Мин Ощепкова Оля Салбаҥ оскуолатыгар 1969 с бастакы кылааска үөрэнэ
киирбитим. Учууталбыт Дьяконова Гертруда Афанасьевна этэ. Араҥас диэн
учаастактан үөрэнэ кэлэр этим, ыраах буолан эдьиийбэр Анна
Даниловналаахха олоро сылдьыбытым. Кини эмиэ учуутал этэ. 3с кылааска
үөрэнэ сылдьан пионерга киирбиппит, пионер баһаатайбыт Баишева Мария
Семеновна этэ, хаалтыс баайбытын өйдөөн хаалбыппын. Кэнники учууталбыт
Гертруда Афанасиевна Искра5а улэлии киирбитэ.
Онтон улахан кылааска
Хамаҕаттага үөрэнэ киирбиппит. Рая, Паша, Коля мин буолан. Сергей
Ньурбаҕа, Настя Хатырыкка барбыттара.Хамаҕаттаҕа интернатка олорбуппут. 1
Маай бырааһынньыгар ыалга таһаараллар этэ. Мин Раялыын 8 с кылааска
үөрэнэ сылдьан сатыы дьиэбитигэр күрээбиппит. Искраҕа тиийэн .тоҥон,
инчэйэн. саппыкыбыт иһэ толору уу буолан учууталбытыгар киирээри гынан
баран,төттөрү ыытыа диэн киирбэтэхпит. Учууталбытыгар биирдэ 3 кыыс Искраҕа
дьиэтигэр сылдьыбыппыт,кини наһаа үөрбүтэ уонна абрикос компотунан
күндүлээбитэ.
Учууталбыт билигин даҕаны биьигини сураһа олороруттан
үөрэбит. Киниэхэ этэҥҥэ буолууну баҕарабын.

8. Аргунова анастасия кондратьевна

АРГУНОВА АНАСТАСИЯ КОНДРАТЬЕВНА
Аргунова Анастасия Кондратьевна 1962 с ахсынньы 31 кунугэр Хамаҕатта нэһилиэгер кун сирин көрбутум.
Аҕам Аргунов Кондрат Григорьевич, Ийэм Тимофеева Матрена Григорьевна Горнай оруйуонун бастакы
Атамай нэһилиэгиттэн төруттээхтэр. Бииргэ төрөөбүттэр 9 этибит. Мин 7 оҕоннон төрөөбүтүм. Аҕам Салбаҥҥа
кадровай булчут этэ, Ийэм Салбаҥ детсадыгар ньээҥкэннэн, онтон кэнники маҕаһыыҥҥа уборщицаннан
үлэлээбитэ. 1968 с Салбаҥ детсадыгар сылдьыбытым. 1969 с Салбаҥ 3 кылаастаах оскуолатыгар1 кылааска
киирбитим. Учууталбыт Дьяконова Гертруда Афанасьевна этэ. 2 кылааска октябрёнокка, 3 кылааска
пионерга киирбиппит. Молдавской, таба ункуутун үнкүллүүрбүтүн өйдүүбүн. 3 кылааска үөрэнэ сылдьан
Хамаҕаттаҕа баран кэнсиэрдээбиппит.1971 с Салбан оскуолатын бүтэрэн Хамаҕаттаҕа 4 кылааска үөрэнэ
барабыт.
Хамаҕаттаҕа интернаакка олорон 4 кылааһы бүтэрэбин.Онтон дьонум 1973 с Нам оруйуонун
Маймаҕа учаастагар көһөн кэлэллэр. 5 кылаастан Хатырык оскуолатыгар үөрэнэн 10 кылааһы бутэрэбин.
Максим Кирович Аммосов аатынан совхозка Маймаҕаҕа доярканнан үлэлиибин. Үлэлии сылдьан хайҕал
суруктарынан, грамоталарынан наҕараадаламмытым. 1991 с Дорофеев Гаврил Григорьевичтыын ыал
буолбуппут . 5 оҕо күн күбэй ийэтэбин, 16 сиэн, 1 хос сиэн амарах эбээтэбин. Бастакы учууталым Гертруда
Афанасьевна хаһан да мөхпөт, барытын үчүгэй баҕайытык быһааран биэрэрин өйдүүбүн. Махталым муҥура
суох бастакы учууталбар Гертруда Афанасьевнаҕа.

9. Колесов алексей петрович

КОЛЕСОВ АЛЕКСЕЙ ПЕТРОВИЧ
Колесов Алёша элбэх оҕолоох Герой - Ийэ Канаева Матрёна,Дьоппуон
сэриитин ветерана Колесов Пётр Дмитриевич дьиэ кэргэнигэр 1972
сыллаахха 7 оҕонон төрөөбүтэ.Кыра сырыттаҕына көтөҕө сылдьаннар
тимир оронҥо хачайданан ыстаҥалыы сылдьан саннын лаппаахытын хайа
түһэрэннэр ,онно этэ кыбыллан бүтэйдии ириҥэлэнэн солбук фельдшер
кыыс хайытан ыраастыыр. Ол онтон ыла Алёша
сайдыыта бытааран
тохтоон хаалар. Бастакы кылааска оҕолору кытта киирэр да тэнҥэ
үөрэнэр
кыа5а
суох
буолан
Бөтүҥнээ5и
анал
оскуолаҕа
үөрэххэ
Сысолятин Афонялыын бииргэ биир кылаастан бараллар. Онтон 10
сааһыгар Алданнааҕы инбэлииттэр интэринээт дьиэлэригэр 18 сааһыгар
дылы сылдьар. 18 сааһыгар төрөөбүт дойдутугар кэлэн биир сайын эрэ
окко аҕатыгар өйүө таһа сылдьан сураҕа суох тыаҕа сүппүтэ.Алёша наһаа
кыраһыабай, эйэҕэс уол этэ.Эһэтэ Өлөксөй 100 сааһыгар өлүөр диэри
кэтэспитэ, Өлүөскэ кэлэн уруһуйдуо диэн оронун тардарыгар тэтэрээт
борустуой харандаас ууран сыппыта.

10. Кривошапкин николай васильевич

КРИВОШАПКИН НИКОЛАЙ ВАСИЛЬЕВИЧ
Кривошапкин Николай Васильевич кулун тутар 25 күнүгэр 1962 с Нам улууьун Салбаҥ
нэһилиэгэр, Кээдьин диэн алааска, Александра Николаевна, Василий Николаевич
Кривошапкиннарга төрдүс оҕоннон күн сирин көрбүт. Салбаҥ дедсадын бастакы выпуьа.
1969 с. Салбаҥ начальнай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Начальнай оскуоланы
бүтэрэн, Хамаҕатта орто оскуолатыгар, интернатка олорон үөрэммитэ. Ол үөрэнэ
сылдьан төбөтө бааһыран, өр балыаьа5а сытан, эмтэнэн кылааьыгар хаалбыта. Балтын
Марфаны кытта бииргэ үөрэнэн, Салбаҥ аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрэр.
Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан аан бастаан комсомолга киирбитэ, оскуола бастакы
выпуһа буолбута. Онтон Хамаҕатта орто оскуолатыгар интернатка олорон, 9 кылааска
үөрэнэ сырытта5ына военкоматтар батта5ын кырыйан кэбиьэннэр, үөрэ5иттэн
уурайбыта.Ол кэннэ, үөрэхтэн уурайбыта, үлэҕэ киирбитэ. Совхозка сүөһү көрөөччунэн 2
сыл үлэлээбитэ. 1982 сылтан өр кэмнэ доярынан үлэлээбитэ. 1990 с. чемпион
ыанньыксыт аатын ылбыта. Тыа хаһаайыстыбатын саамай ыарахан улэтигэр үтүө
суобастаахтык, сыллааҕы былааны толорон үлэлээбитэ. Араас сылларга үлэлээбитин
туоьулуур олус элбэх граматалардаах. 1992 с. — 1993 с. Горнай Улуу сыһыытыгар баран
доярынан үлэлээбитэ. Онтон төннөн кэлэн «Чаран» фермаҕа совхоз ыьыллыар диэри
үлэлээбитэ.Николай Васильевич иллэҥ кэмигэр дуобаттыырын, шахматтыырын, кинигэ
ааҕарын, уһанарын, ас астыырын сөбүлүүрэ. 1983 с. олоҕун аргыһын Ирина
Семеновналыын ыал буолан, 2 уол, 1 кыыс оҕоломмуттара. 7 сиэн тапталлаах эһээтэ

11. Сысолятин Афанасий егорович

СЫСОЛЯТИН АФАНАСИЙ ЕГОРОВИЧ
Мин, Сысолятин Афоня, 1961с. атырдьах ыйын 21 күнүгэр
төрөөбүтүм.
1969
сыллаахха
Салбаҥ
начаалынай
оскуолатыгар маҥнайгы кылааска элбэх буолан үөрэнэ
киирбиппит. Бастакы учууталбыт Гертруда Афанасьевна
этэ. Начаалынай оскуоланы бутэрэн баран, ыалдьан ситэ
үөрэммэтэҕим. 18 сааспын туолан баран а5абын кытта
булка сылдьыспытым. Комсомольскай совхозка бараан
сүөьу көрбүтүм, онтон кэлин аҕыйах кэмнэ бостууктаан
үлэлээбитим. Урут куобахха туьах иитэн куобахтыыр этим.
Кэлин ыалдьан балыыһаҕа киирбитим. Онтон ыла дьиэбэр
дьоммор көмөлөһөн, сылгы ынах иитиһэн олоробун.
English     Русский Правила